Григорьев, Никита Прокопьевич (1927-2004).
Алаас ахтылҕана / Никита Григорьев. – Электрон. дан. (1 файл : 81,0 Mb). — (Вилюйск : МКУ «Вилюйская межпоселенческая централизованная библиотечная система им. И.М. Гоголева – Кындыл», 2024). – Режим доступа: https://e-librvil.ru/e.lib/322/322.php. — Загл. с экрана. – Текст: электронный.
Григорьев, Никита Прокопьевич (1927-2004).
Алаас ахтылҕана / Никита Григорьев. – Бүлүү : ЧП Титов, 2010. – 255, [2] с. : ил., портр. ; 20 см.
В макете загл.: Любовь к родному аласу. – На якут., рус. яз. – 3 экз. – Библиогр.: с. 255 (20 назв.). – 400 экз.
ББК 26.89(2Рос.Яку-2)я43
«I Күүлэт нэһилиэгин остуоруйатын мин олох кэрчиктэрин 73 сыл анараа өттүгэр нэһилиэккэ маҥнайгы оскуола аһыллыбытыгар үөрэнэ киирбит оҕо буолан, онтон улаатан киһи буолан илэ харахпынан көрбүппүн, истибиппин, кырдьаҕастар кэпсэллэриттэн барытын холбоон суруйдум. Баҕар олох кэрчиктэригэр суруллубуттарга хатылааһыннар баар буоллахтарына ааҕааччы миигин бырастыы гыныа диэн эрэнэбин.
Мин төһө даҕаны 63 сыл анараа өттүгэр дойдубуттан тэйэн өр сылларга армия сулууспатыгар сылдьан уонна Ленинград — Санкт-Петербург куоракка үлэлээн, пенсияҕа олорон дьоммун-сэргэбин кытта быстыспат сибээстээх буолан төрөөбүт тылбын умнубакка, оннооҕор нэһилиэгим дьоннорун хос ааттарын аныаха диэри өйдүүбүн.
Мин оҕо сааһым сэрии сылларыгар ааһан, сэттэ сыллаах саллаат сулууспатыгар сылдьан эдэр сааспын билбэккэ-көрбөккө аһаран, үлэлии-үлэлии оҕолоох-улуулаах буолан баран киэһээҥи уонна кэтэхтэн үөрэнэн киһи буолбут киһини эмиэ даҕаны сурукпар-бичикпэр алҕастар баар буоллахтарына ааҕааччы өйдүө дии саныыбын» (автор кэлин тылыттан).
Кинигэ автора Григорьев Никита Прокопьевич отставкаҕа олорор Советскай Армия подполковнига, Бүлүү улууһун I Күүлэт нэһилиэгиттэн төрүттээх. Санкт-Петербурга олорор.